“Далбар Хотун” дьоро күнүттэн
2024 сыл “Далбар Хотун” сурунаал 30 сыллаах үбүлүөйүн тэрээһиннэринэн баай буолла. Үбүлүөйдээх сылбытын алтынньы 25 күнүгэр Бэчээппит дьиэтигэр доҕоттору, дьүөгэлэри, ааҕааччылары кытта ис сүрэхтэн көрсүһүүнэн түмүктээтибит. Бочуоттаах ыалдьыттарбыт, сурунаалга араас сылларга үлэлээн ааспыт биир идэлээхтэрбит, дьоруойдарбыт көрсүһүүттэн үөрэн, астынан, махтанан тарҕаспыттара биһиэхэ, тэрийбит дьоҥҥо, саныахха олус үтүө. Кырдьыга да, ис дууһаттан, истиҥ дьоро күн буолбутун бэлиэтиир кэриҥнээхпит.
“Далбар Хотун” сурунаалы уустук эрээри өрө көтөҕүллүүлээх, көҥүл салгыннаах 90-ус сылларга төрүттэспит дьоммут Саха правительствотын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы А.И. Поисеева, саҥа тэриллибит Дьиэ кэргэҥҥэ, дьахталлар проблемаларыгар, демографическай политикаҕа кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ А.Н. Божедонова, сурунаалы иилээн-саҕалаан тэрийбит бастакы редактор, Саха сирин норуодунай бэйиэтэ Наталья Харлампьева бу дьоро күн кэлэн санааларын атастаһан, эҕэрдэлээн барбыттара сүрдээх кэрэхсэбиллээх.
История билимин кандидата, биллэр учуонай Лилия Винокурова сурунаал отут сыллаах үлэтин киэҥник, дириҥник хорутан ырыппытын сэргээн истибиппит. Бу ырытыыны дьон билсэригэр диэн, “Далбар Хотун” саайтыгар Dalbarhotyn.ru таһаардыбыт, киирэн ааҕыаххытын син, доҕоттор. Ону сэргэ сурунаалбыт редаколлегиятын чилиэнэ, биир ааптара, наука билимин дуоктара Ульяна Винокурова сурунаал билиҥҥи үлэһиттэригэр инники соруктары туруоран тыл эппитэ. Үтүө тылларын анаабыттара биһиги дьоруойдарбыт, ааптардарбыт, ааҕааччыларбыт, олор истэригэр Мария Николаевна Габышева (кини “Далбар Хотун” күрэспит солбуллубат биир эксперэ), “Далбар Хотун – 2007” Лидия Софроновна Афанасьева уонна сурунаалга араас сылларга үлэлээн ааспыт суруналыыс, суруйааччы дьүөгэлэрбит. Манна тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ бу тэрээһиммитигэр анаан кэлэн эҕэрдэлээн барбыт быйыл буолбут “Далбар Хотун” күрэспит номинацияларын кыайыылаахтарын Бүлүүттэн Парасковья Федорованы, Намтан Марианна Рожинаны.
Буоларын курдук, эҕэрдэлэр, наҕараадалар дьоруойдарын булан үөрдүбүттэрэ.
Бэлиэ тэрээһин биир уратытынан сурунаал саҥа саайтын уонна саҥа тэриллибит “Далбар Хотун” диэн кулуубун сүрэхтээһин буолбута. Онон саҥа сүүрээн хотоҕостуу устан киирэн иһэрэ кэскилбит кэрэһитэ буоллаҕа.
Бу күн саха сиэринэн Алгыс түспүтэ. Айылҕаттах айдарыылаах Сайыы Кута Айыыһыт Алгыһын анаан, ураты тыыны үөскэппитэ. Тэрээһиммитин Ника “Саха далбар хотуна” диэн ырыатынан аспыта. Ийэҕэ анаммыт хатыламмат сүдү айымньылары Саха тыйаатырын биллиилээх уонна эдэр артыыстара Елизавета Потапова, Маргарита Борисова, Надежда Ушницкая, Василий Романов, Василий Белолюбскай толорбуттара. СӨ норуодунай артыыстара Клавдия, Герман Хатылаевтар, СӨ култууратын туйгуна Намыына ырыа кэһилээх кэлбиттэрэ.
Ону кытта мустубут дьон кутун туппута эдэр модельер, биһиги дьоруойбут Евсей Иванов. Кини айбыт уобарастарын Сардаана Порядина модатын агенствотын кыргыттара, уолаттара кэтэн көрдөрбүттэрэ. Өссө биир бэлэхпитинэн буолбута саха аныгы муодатын, ураты симэҕин көрдөрбүт “Көмүлүөк” дизайнердарын Арылы Сандаар уонна Андрей Зыков уобарастара.
“Далбар Хотун” дьоро киэһэтэ мааны сандалынан түмүктэммитэ.
Кылгас ыспыраапка
“Далбар Хотун” дьиэ кэргэҥҥэ аналлаах культурологическай, уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй сурунаал 1994 сылтан Саха сирин бастакы Бэрэсидьиэнин М.Е.Николаев ыйааҕынан тахсар. Аныгы сурунаал кээмэйэ 100 страница. Аныгылыы тупсаҕай оҥоһуулаах, баай ис хоһоонноох. Сурунаал куйаар ситимигэр эмиэ баар.
Почта бары салаатыгар, ону тэҥэ Бэчээт дьиэтин 125 каб. сурунаалга суруттарыаххытын сөп.
Сообщение “Далбар Хотун” дьоро күнүттэн появились сначала на SAKHALIFE.